Айсен Николаев поздравил якутян с Днём Хомуса. Глава Якутии отметил, что создание в городе Якутске Музея и Центра хомуса народов мира стало одним из важнейших событий в истории якутского хомуса, сообщили ИА YakutiaMedia в пресс-службе Главы и Правительства республики.
Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) поздравляю с Днём хомуса и 30-летием со дня образования Музея и Центра хомуса народов мира!
Создание в городе Якутске Музея и Центра хомуса народов мира стало одним из важнейших событий в истории якутского хомуса. Это уникальный в своем роде объект культуры, работа которого направлена на сохранение исторического наследия не только артефактов, но также и традиционной музыки.
Во многом благодаря этому учреждению сегодня Якутия признана самым варганным регионом мира. У нас наибольшее количество исполнителей, чем где бы то ни было. Игре на хомусе в республике обучают в дошкольных образовательных учреждениях, в общеобразовательных школах, обучение входит в программу профильных ссузов республики.
За эти 30 лет Музей и Центр хомуса народов мира провели большую работу по изучению, сохранению и развитию этого замечательного музыкального инструмента в нашей республике, а также по популяризации его за пределами региона и страны. За это время налажены контакты, создана международная сеть энтузиастов и культурных центров, которые через интерес к древнему инструменту и творческий порыв приумножают традиционную культуру и национальное самосознание.
Хомус — один из ярких символов самобытной культуры народа саха. Пришедший из глубины веков, этот сакральный музыкальный инструмент, через который выражали свои самые глубокие чувства и переживания наши предки, сегодня стал визитной карточкой нашей национальной культуры, соединяя древнее и современное. Чтобы услышать чарующий звук якутского хомуса, в Якутию приезжают гости из самых дальних уголков земного шара. Считаю, что это значительное достижение для нашей республики, дающее нам большие возможности в дальнейшем сохранении и развитии национальной культуры в условиях мировой глобализации. И в этом большая заслуга Музея и Центра хомуса народов мира, богатейшую коллекцию которого мечтают увидеть своими глазами многие жители планеты.
В этот праздничный день выражаю коллективу Музея и Центра хомуса народов мира искреннюю благодарность за добросовестный труд во благо процветания родной республики!
Дорогие друзья! Пусть хомус станет для нас проводником от древности в современность, чтобы мы, не прерывая связи поколений, развивали национальную культуру и с уверенностью смотрели в будущее! Желаю всем добра, счастья, мира и успехов в труде во благо развития и процветания родной республики и страны!
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Хомус күнүнэн эҕэрдэтэ
Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Хомус күнүнэн уонна Хомус аан дойдутааҕы түмэлэ уонна киинэ тэриллибитэ 30 сылынан эҕэрдэлиибин!
Дьокуускайга Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин тэрийии саха хомуһун устуоруйатыгар биир ураты суолталаах түгэн.
Бу тэрилтэ бэриниилээх, сыралаах үлэтинэн бүгүн Сахабыт сирэ аан дойдуга хомус музыкатын сайыннарыы киининэн аатырыаҕын аатырар. Ханнык да дойдутааҕар хомусчуппут ахсаана элбэх. Хомуһу тардарга оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэригэр, оскуолаларга үөрэтэллэр, хомус үөрэҕэ орто анал үөрэх кыһаларын программатыгар киирэр.
Ааспыт 30 сыл устата Хомус аан дойдутааҕы түмэлэ уонна киинэ өрөспүүбүлүкэбитигэр хомуһу үөрэтиигэ, чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга, хомус тас дойдуларга дьон-сэргэ биһирэбилин ыларыгар киэҥ үлэни ыытта. Бу кэм устата хомус кутуллар дорҕоонугар абылаппыт энтузиастар уонна култуура кииннэрин аан дойдутааҕы ситимэ тэриллэн, үгэс буолбут култуурабыт уонна духуобунай баайбыт хаҥыыр тосхоло түстэннэ.
Хомус — дьырылаан-дьурулаан, этигэнин киллэрэн кэпсээн бардаҕына, сүрэҕи-быары долгутар, өйү-санааны өрүкүтэр, үрдүккэ кынаттыыр, ааспыты аныгыны кытта ситимниир дьикти эйгэни үөскэтэр саха омук төрүт култууратын ураты инструмена буолар. Сахабыт сиригэр анаан-минээн хомус алыптаах дорҕоонун истээри аан дойду араас муннуктарыттан кэлэллэр. Глобализация үйэтигэр төрүт култуурабытын чөл хаалларыыга өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык дьоһун ситиһиибит Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин сүҥкэн өҥөтө буолара саарбахтаммат.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ Хомус аан дойдутааҕы түмэлин уонна киинин кэлэктиибигэр төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарын туһугар кыһамньылаах үлэҕит иһин барҕа махталбын тиэрдэбин!
Күндү доҕоттор! Хомус төрүт култуурабытын сайыннарарга, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыырбытыгар үйэлэри, көлүөнэлэри ситимниир арахсыспат аргыс буоллун! Барыгытыгар үтүөнү, эйэни, дьолу уонна дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарын туһугар таһаарыылаах үлэни баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев