1 сентября 2020. Глава Якутии Айсен Николаев поздравил жителей республики с Днём знаний. Ил Дархан отметил, что 1 сентября — один из самых торжественных и светлых праздников, сообщили ИА YakutiaMedia в пресс-службе Главы и Правительства региона.
Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днем знаний!
Первое сентября — один из самых торжественных и светлых праздников, который вдохновляет многие поколения на созидание и добрые начинания. Для взрослых этот день овеян трогательными воспоминаниями о школьных и студенческих годах. Особые слова напутствия мы посвящаем нашим первоклассникам и их родителям. В республике 15 285 детей впервые сядут за парты. Им первый звонок известит о начале большого пути в мир знаний и открытий. Начало нового учебного года для 154 тысяч школьников будет наполнено радостью от встречи со своими ровесниками и учителями. Для учащихся выпускных классов этот год станет важным этапом в выборе будущей профессии.
Свыше 48 тысяч юношей и девушек будут обучаться в высших и средних учебных заведениях Якутии. Для них начинается пора накопления одного из главных ресурсов человека — профессиональных компетенций.
Наши учащиеся, педагоги, родители в период пандемии показали свою ответственность, целеустремленность и стойкость при переходе на онлайн-образование и достойно завершили прошлый учебный год. В непростых условиях наработали бесценный опыт, который позволит в дальнейшем наряду с традиционной формой обучения развивать дистанционное образование для обеспечения доступности передовых знаний. Уверен, мы совместно преодолеем временные трудности и все усилия, которые вы приложили в учебе и работе, приведут к успехам в жизни.
В республике продолжается комплексная работа по повышению качества образования и воспитания гармоничной личности, развитию образовательной инфраструктуры по современным стандартам. Наша задача, как власти, создавать равные стартовые возможности для всех детей, независимо от места их проживания. В этом году откроют свои двери Малая академия наук и Международная арктическая школа, создаются Центры цифрового и гуманитарного образования "Точка роста".
На сегодня поставлена цель — Якутия должна войти в число 15 лучших регионов России, что позволит каждому юному жителю получить достойное образование, раскрыть и реализовать свой потенциал во благо республики и страны, быть конкурентоспособным во всех сферах деятельности.
Дорогие друзья! В этот светлый праздник желаю всем успехов в учебе и труде, интересных событий и ярких моментов, крепкого здоровья и счастья!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Билии күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Балаҕан ыйын 1 күнэ — үгүс көлүөнэни саҥаны айарга уонна үтүө саҕалааһыҥҥа кынаттыыр биир саамай үөрүүлээх, умнуллубат бырааһынньык. Улахан дьоҥҥо оскуолатааҕы сылларын, устудьуоннаабыт кэмнэрин санатар дьикти иэйиилээх күн. Бүгүн биһиги бастакы кылааска киирэр оҕолору уонна кинилэр төрөппүттэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, алгыс тылы этэбит. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15 285 оҕо оскуола боруогун аан маҥнай атыллыаҕа. Кинилэр билии киэҥ суолугар үктэммиттэрин биллэрэн бастакы чуораан чугдаарыа. Саҥа үөрэх дьыла саҕаламмыт кэрэ-бэлиэ күнүгэр 154 тыһыынча үөрэнээччи доҕотторун, учууталларын кытта көрсүөҕэ. Бу үөрэх дьыла оскуоланы бүтэрэр оҕолорго идэлэрин талалларыгар дьоһун суолталаах буолуоҕа.
48 тыһыынчаттан тахса устудьуон Саха сирин үрдүк уонна орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэниэҕэ. Кинилэргэ ис кыахтарын арыйан, идэни баһылыыр үөрүйэхтэри мунньунар кэмнэрэ саҕаланар.
Биһиги үөрэнээччилэрбит, педагогтарбыт, төрөппүттэрбит дьаҥ өрө турбут кэмигэр онлайн-үөрэххэ көһөн, эппиэтинэстээхтэрин, дьулуурдаахтарын көрдөрөн, ааспыт үөрэх дьылын этэҥҥэ түмүктээтилэр. Уустук усулуобуйаҕа дьоһун уопуту мунньуннулар, онно олоҕуран үөрэх үгэс буолбут көрүҥүн тэҥэ дистанционнай үөрэҕи сайыннарыахтара. Бу быстах кэмнээх ыарахаттары биһиги этэҥҥэ туоруохпут, дьаныардаах үөрэххит уонна үлэҕит ситиһиилэниэхтэрэ диэн эрэнэбин. Өрөспүүбүлүкэҕэ бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах киһини үөрэтии уонна иитии хаачыстыбатын үрдэтиигэ, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир үөрэх инфраструктуратын сайыннарыыга туһуламмыт кэлим үлэ салҕанар. Биһиги оҕоҕо, ханна олороруттан тутулуга суох, үөрэҕин саҕалыырыгар биир тэҥ усулуобуйаны хааччыйыах тустаахпыт.
Быйыл Наука аччыгый академията уонна Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолата ааннарын арыйыахтара. Улуустарга уонна куораттарга Үүнүү-сайдыы кииннэрэ тэриллэллэр. Бүгүн Саха сирин Россия 15 бастыҥ регионун ахсааныгар киллэрэр сорук туруорулунна. Оччоҕо хас биирдии оҕо үөрэҕи баһылаан, өрөспүүбүлүкэтин уонна дойдутун туһугар таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан, олох бары эйгэтигэр күрэстэһэр кыахтаныаҕа.
Күндү доҕоттор, бу сырдык үтүө күн барыгытыгар үлэҕэ уонна үөрэххэ ситиһиилэри, кэрэхсэбиллээх уларыйыылары, чаҕылхай түгэннэри, чэгиэн доруобуйаны уонна дьолу баҕарабын!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев