Айсен Николаев: Якутия – один из динамично развивающихся регионов могучего государства

Глава региона поздравляет с Днем государственности Республики Саха (Якутия)
Айсен Николаев: Якутия – один из динамично развивающихся регионов могучего государства
Фото: пресс-служба главы и правительства Якутии

27 сентября 2022. Айсен Николаев поздравляет с Днем государственности Республики Саха (Якутия). Ил Дархан подчеркнул, что Якутия — один из динамично развивающихся регионов могучего государства. Более подробно сообщает ИА YakutiaMedia.

Уважаемые якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю Вас с Днем государственности Республики Саха (Якутия)!

Сегодня Якутия — один из динамично развивающихся регионов могучего государства, сохраняет лидирующие темпы во многих отраслях экономики, социальной сфере на Дальнем Востоке. Здесь успешно реализуются крупные инвестиционные проекты, социальные программы, совершенствуется инфраструктура, развиваются образование, наука, самобытная культура, укрепляются духовные ценности.

В этом году мы отмечаем 390-летие добровольного вхождения Якутии в состав Российского государства и 100-летие образования Якутской АССР. По всей республике в текущем году построим 100 значимых объектов за счет средств федерального и республиканского бюджетов. Это современные больницы, школы, детские сады, дома культуры, спортивные комплексы, дороги, мосты и многое другое. Большинство из них уже введены. Каждый маленький якутянин, рожденный в юбилейном году, получает целевой капитал "Дети столетия".

День государственности — это праздник единения многонационального народа Якутии. В юбилейный год мы открываем для себя новые горизонты, будем и дальше созидать во имя процветания родной земли, нашей страны.  Благодаря плодотворному труду, активной гражданской позиции, патриотизму жителей республики мы достигнем все поставленные цели и претворим в жизнь заветные мечты во благо любимого Отечества!

Декларация о государственном суверенитете Якутии, принятая 27 сентября 1990 года  — исторический документ, один из важных этапов развития республики как субъекта федерации, неотъемлемой части Великой России. Мы благодарны Первому Президенту нашей республики Михаилу Николаеву и его сподвижникам за сохранение и приумножение незыблемых ценностей, заложенных основателями Якутской автономии: Максимом Аммосовым, Платоном Ойунским, Исидором Бараховым и их соратниками. Время показало своевременность и правильность судьбоносных решений, определивших будущее северной земли.

Дорогие друзья! В этот знаменательный день желаю вам крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, удачи и успехов во всех начинаниях, благополучия и счастья! Уруй-айхал!

Глава Республики Саха (Якутия)  Айсен Николаев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиир

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Саха сирэ — модун дойду биир тэтимнээхтик сайдар эрэгийиэнэ, Уһук Илиҥҥи уокурукка экэниэмикэ, социальнай эйгэ үгүс салааларыгар инники күөҥҥэ сылдьар. Манна бөдөҥ инвестиционнай бырайыактары, социальнай бырагыраамалары ситиһиилээхтик олоххо киллэрэбит, инфраструктураны тупсарабыт, үөрэх, наука эйгэтин, ураты култуурабытын утумнаахтык сайыннарабыт, духуобунай сыаннастары бөҕөргөтөбүт.

Быйыл Саха сирэ Россия судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 390 сылын уонна Саха АССР 100 сылын бэлиэтиибит. Федеральнай киин уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэрин суотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 100 дьоһун суолталаах эбийиэги тутуохпут. Аныгы балыыһалары, оскуолалары, уһуйааннары, култуура дьиэлэрин, успуорт комплекстарын, суоллары, муосталары, о.д.а. Олор баһыйар аҥаардара үлэҕэ киирдэ. Саха сиригэр үбүлүөйдээх сылга төрөөбүт оҕоҕо “100 сыл оҕото” тус сыаллаах хапытаал туттарыллар.

Судаарыстыбаннас күнэ — элбэх омуктаах Саха сирин норуоттарын сомоҕолоһуутун бырааһынньыга. Үбүлүөйдээх сылга саҥа саҕахтары арыйан, төрөөбүт түөлбэбит, дойдубут чэлгийэ сайдарын туһугар салгыы айыахпыт-тутуохпут. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун таһаарыылаах үлэлэринэн, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх кыттыыларынан, патриотизмнарынан бары туруоруллубут сыаллары ситиһиэхпит, тапталлаах Аҕа дойдубут туһугар ыра санааларбытын олоххо киллэриэхпит!

1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыныллыбыт Саха сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация — өрөспүүбүлүкэ федерация субъегын, Улуу Россия быстыспат сорҕотун быһыытынан сайдыытын биир сүрүн кэрдиис кэмин туоһулуур устуоруйа докумуона. Саха автономиятын төрүттээбит Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Бараахап уонна да атын чулуу дьоммут түстээбит ураты сыаннастарын чөл хаалларарга уонна элбэтэргэ төһүү күүс буолбут Бастакы Президеммитигэр Михаил Николаевка уонна кини биир санаалаахтарыгар махтанабыт. Хотугу дойду инники дьылҕатын быһаарбыт дьаһаллар кэмигэр уонна сөпкө ылыныллыбыттарын кэм-кэрдии дьэҥкэтик көрдөрдө.

Күндү доҕоттор! Бу бэлиэ күн эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиини, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу-соргуну баҕарабын! Уруй –айхал!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана  Айсен Николаев

Смотрите полную версию на сайте >>>


Следующая новость